Петр Макаров: Үлэ уонна эйэ – норуоту сомоҕолуур сүдү күүстэр

П.А.Ойуунускай аатынан Саха академическай театрын дириэктэрэ Петр Макаров Саха сирин олохтоохторун маай бырааһынньыгынан эҕэрдэлиир.

П.А.Ойуунускай аатынан Саха академическай театрын дириэктэрэ Петр Макаров Саха сирин олохтоохторун маай бырааһынньыгынан эҕэрдэлиир. Салайааччы айымньылаах үлэ-хамнас, эйэлээх олох кэскили уонна сайдыыны түстүүр модун күүстээхтэрин бэлиэтиир.

Сахабыт сирин олохтоохторо уонна ыалдьыттара, үлэни-хамнаһы өрө туппут үтүөкэн дьоммут!

Өрөспүүбүлүкэбит 100 сыллаах өрөгөйдөөх үбүлүөйүн баай историялаах, араас дьаһаллардаах, дьоһун ситиһиилэрдээх көрсөбүт. Бу сайдыы кирбиитин ыларбытыгар, саҥаттан-саҥа үктэллэри дабайарбытыгар хас биирдиибит ураты суолталааҕын, киллэрсэр кылааттааҕын бэлиэтиэх уонна билиниэх тустаахпыт. Дьоммутун-сэргэбитин, норуоппутун, Сахабыт сирин бигэ туруктаах, үөрэхтээх уонна үлэлээх, бары хайысхаларынан баһыйар көрдөрүүлээх оҥоруубут – барыбыт кыайыыта!

Саха театра ол суолу тутуһан, айар-тутар, үйэлээҕи тускулуур аналлаах. Өрөспүүбүлүкэни олохтоспут улуу убайдарбыт, сайдыыны айхаллаабыт талааннаах суруйааччыларбыт дьоһун олохторун, чаҕылхай ситиһиилэрин, оттомноох үлэлэрин-хамнастарын ыччакка холобур быһыытынан тиэрдэр, толору арыйар соруктаахпыт. Үлэ киһитин өрө тутар, эйэни уонна үтүө сыһыаны уруйдуур уһулуччулаах айымньылары үйэтитэр эбээһинэстээхпитин умнубаппыт.

Үлэ киһини киэргэтэр диэбиттэринии, аҕыйах хонуктааҕыта Сахабыт театрын ытык-мааны киһитэ, театр уонна киинэ уһулуччулаах артыыската Зоя Петровна Багынанова П.А.Ойуунускай аатынан судаарыстыбаннай бириэмийэни ылан үөрүүбүтүн үксэттэ. Биһиги, театр дьоно, кэлэктиип, аҕа табаарыспыт айымньылаах уонна сыралаах үлэтэ өрөспүүбүлүкэ салалтатын болҕомтотугар киирэн, үрдүктүк сыаналаммытынан киэн туттабыт. Түгэнинэн туһанан Ил Дархаммытыгар,   Бырабыыталыстыбаҕа, сүрүннүүр министиэристибэбитигэр дириҥ махталбытын биллэрэбит.

Күндү Сахабыт дьоно, ытык-мааны көрөөччүлэрбит! Сырдыгы- ырааһы, бастыҥы-кэрэни ыраҥалыыр маай бырааһынньыгынан Саха театрын бар дьонун аатыттан эҕэрдэлиибит. Өрүү бигэ туруктаах, сэргэх санаалаах буолуоххайыҥ. Сарсыҥҥыга эрэллээх, дойдубут туһугар ис сүрэхтэн туруулаһарга, түмсүүлээх буоларга ыҥырабын.

Фото: автора. Источник: Геннадий ОХЛОПКОВ.

Последние новости

В Якутии создадут более 1000 высокооплачиваемых постоянных рабочих мест

Пять купных объектов электрогенерации возводят в Якутии в настоящее время.

Представители «Железных дороги Якутии» обсудили в Китае вопросы перевозки грузов

Текст: Пресс-служба АО «АК «ЖДЯ» Фото: Пресс-служба АО «АК «ЖДЯ» YAKUTIA.INFO.

Генеральный директор АО «АК «ЖД» прокомментировал Итоги года с Путиным

В ходе прямого эфира по итогам года с Путиным были затронуты важнейшие темы.

Частотник

Осуществляем поставку в оговоренные сроки, обеспечивая быструю отправку

На этом сайте вы найдете актуальные вакансии в Норильске с предложениями работы от ведущих работодателей города

Комментарии (0)

Добавить комментарий

Ваш email не публикуется. Обязательные поля отмечены *