Ийэлиин аа5ыахха

Быйылгы 2022 сыл Саха сиригэр Ийэ сыла, үөрэҕирии эйгэтигэр ааҕыы сыла биллэриллибитэ.

Быйылгы 2022 сыл Саха сиригэр Ийэ сыла, үөрэҕирии эйгэтигэр ааҕыы сыла биллэриллибитэ. Бу сыл чэрчитинэн муус устар ыйга биһиги улууспутугар Россия уонна
Саха сирин Суруйааччыларын сойууһун чилиэнэ Семен Семенович Маисов айымньыларын уус-уран ааҕыыга улуустааҕы «Хас саҥа үүммүт күн үтүөнү төлкөлүүр, үйэлээх ырыанан мин саҥам сатарыыр…» күрэх ыытылынна. Бу күрэххэ оскуола саастаах оҕолор ийэлэрин кытта ааптар айымньыларын аахтылар.
Дьүүллүүр сүбэҕэ РФ уопсай үөрэхтээһинин бочуоттаах үлэһитэ, Саха Республикатын үөрэҕириитин туйгуна, “СР учууталларын учууталлара”, “СР педагогтарын династията” бэлиэлэр хаһаайкалара Томская Вера Петровна, Мэҥэ-Хаҥалас оройуонун үөрэҕириитин салалтатын сүрүн специалиһа, Саха Республикатын үөрэҕириитин туйгуна, Саха сирин методиһа Дмитриева Татьяна Михайловна, Н.Н. Каратаев аатынан Тааһаҕар орто оскуолатын учуутала, саха тылын уонна литературатын учууталларын улуустааҕы
метод холбоһугун салайааччыта Картаева Ольга Самуиловна, Бүлүү улууһун үөрэҕириитин салалтатын сүрүн специалиһа Сивцева Мария Евсеевна, П.А. Ойуунускай аатынан Саха академическай театрын артыыһа Борисов Александр Петрович үлэлээтилэр.
Күрэххэ уопсайа 44 бэртээхэй үлэ киирдэ. Ордук көхтөөхтүк Бүлүүтээҕи 1 №-дээх
начальнай оскуола, Бүлүүтээҕи Г.С. Донской аатынан 2 №-дээх орто оскуола, гимназия,
Чинэкэ, Кыадаҥда, 2 Күүлэт, Дьеккен, Тааһаҕар, Кыргыдай, Бөтүҥ , Сыдыбыл , Хампа,
Халбаакы, Мастаах орто оскуолаларын үөрэнээччилэрэ уонна төрөппүттэрэ кытыннылар. «Ийэлиин ааҕаллара, эчи, үчүгэйин. Дууһа сылаанньыйар,» — диэн дьүүллүүр
сүбэ санаатын үллэһиннэ. Үлэлэри кыттааччылар саастарынан көрөн, кылааһынан 3
бөлөххө, айымньы көрүҥүнэн проза, хоһоон диэн арааран сыаналаабыттарынан маннык
түмүк таҕыста.
1-4 кылаастарга прозаны ааҕыыга :
1 миэстэ – Семенов Давид, Семенова Айталина Максимовна – Чернышевскай, 4 кыл.
2 миэстэ – Степанов Артур, Степанова Фатима Лукинична – Бүлүү №1 алын сүһүөх оск., 3 “б” кыл.
1-4 кылаастарга хоһоону ааҕыыга:
1 миэстэ – Чурукова Дайаана, Чурукова Екатерина Гаврильевна — Бүлүү №2 оск., 3 “а” кыл.
2 миэстэ-Каратаева Иванна, Каратева Марианна Ивановна- Бүлүү №1 алын сүһүөх оск., 4
“г” кыл.
3 миэстэ-Дмитриев Саян, Иванова Анна Дмитриевна- Бөкчөҥөө, 4 кыл.
“Кэскиллээх ааҕааччы” анал аат – Кондакова Ванесса, Кондакова Наталья Николаевна –
Дьөккөн, 1 кыл.
“Хомоҕой тыллаах ааҕааччы” анал аат – Семенов Ариан, Семенов Айсен, Николаева Лена
Марковна – Кыадаҥда, 2,4 кыл.
5-8 кылаастарга прозаны ааҕыыга:
1 миэстэ — Поскачина Сандаара, Поскачина Варвара Николаевна – Тааһаҕар, 8 кыл.
2 миэстэ – Евсеев Павел, Евеева Надежда Павловна – Чочу, 6 кыл.
[15:14, 23.05.2022] Сардана Пантелеймоновна: 3 миэстэ — Петрова Наташа, Дмитриева Наталия Ионовна — Бөкчөҥөө, 6 кыл.
5-8 кылаастарга хоһоону ааҕыыга
1 миэстэ – Руфов Эрэл, Руфова Анастасия Юрьевна – Бөкчөҥөө, 6 кыл.
2 миэстэ – Быкалыров Степа, Быкалырова Наталья Степановна- Бороҕон, 7 кыл.
3 миэстэ – Дорофеев Рудольф, Дорофеева Елизавета Иннокнтьевна, 7 “б” кыл.
“Иэйиилээх ааҕааччы” анал аат – Васильева Карина, Васильева Евдокия Петровна￾Чернышевскай, 7 кыл.
“Кэскиллээх ааҕааччы” анал аат – Аянитова Зоя, Сотрудникова Екатерина Васильевна —
Бүлүү №2 оск., 6 “б” кыл.
9-11 кылаастарга прозаны ааҕыыга :
1 миэстэ – Алексеев Спартак, Алексеева Гульнара Павловна – Тааһаҕар, 11 кыл.
2 миэстэ — Борисов Егор, Борисова Эльвира Андреевна – Баппаҕаайы, 11 кыл.
9-11 кылаастарга хоһоону ааҕыыга :
1 миэстэ – Ильинова Сайыына, Ильинова Елена Николаевна – Мастаах, 10 кыл.
2 миэстэ – Семенов Эрчимэн, Семенова Надежда Дмитриевна – Чернышевскай, 10 кыл.
3 миэстэ – Осипова Настя, Осипова Мария Дмитриевна – Хампа, 10 кыл.
«Хомоҕой тыллаах ааҕааччы» Николаев Саргылан, Николаева Сардана Николаевна –
Баппаҕаайы, 11 кыл.
Ааптарга, Сэмэн Маисовка, туспа бэйэтэ долгутуулаах түгэн буоллаҕа,
айымньыларын дьон-сэргэ ааҕара туспа үөрүү буоллаҕа: “Оҕолор барахсаттар ийэлэриниин аахпыттарын көрдүм. Уонна туох да сүрдээҕин үөрдүм, астынным, долгуйдум, бэл, уйадыйан да ыллым.Наһаа-а да үчүгэйдик ааҕаллар эбит. Бииртэн биир үтүөкэн үлэ. Күрэһи тэрийбиттэргэ, оҕолор, ийэлэр салайааччыларыгар махталым муҥура суох. Дьүүллүүр сүбэ сыаналыырыгар ыарахан буолсу… Мин, биир б эйэм, барыларын кыайыылаах гыныам этэ”.
Сэмэн Маисов хоһоонноро хайдах эрэ ураты тыллаах-өстөөх эбиттэр, күннээҕи
туттар тылбытыттан, үгэс буолбут халыыптан ойуччу тураллар дии санаатым. Киһиэхэ
дөбүгүс өйдөммөт, билбэт да тылларбыт бааллар. Инникитин да бу маннык күрэх салҕанан үгэскэ кубулуйара буоллар бэрт буолуо этэ. Суруйааччыны кытта илэ көрсүһүү оҕолор сүрэхтэригэр туох эрэ саҥаны, атыны саҕыа этэ, умнуллубат ураты өйдөбүл хаалыа этэ.
Семен Семеновичтан саҥа айымньылары, хоһооннору кэтэһэ хаалабыт.

Алена Тимофеева,

2-с №-дээх Г.С. Донской аатынан орто оскуола

педагог-бибилэтиэкэрэ

 

Последние новости

В Якутии уровень удовлетворенности качеством медицинской помощи вырос на 12%

В Якутии в 2024 году уровень удовлетворенности населения качеством медицинской помощи вырос на 12% по сравнению с прошлым годом.

Уровень удовлетворенности якутян качеством медицинской помощи вырос на 12%

В Якутии в 2024 году уровень удовлетворенности населения качеством медицинской помощи вырос на 12% по сравнению с прошлым годом.

Прогноз погоды в Якутске на 22 декабря

Сегодня в 06:00 в Якутске температура воздуха в районе Гимеин -33 градуса, в районе Аэропорт -37 градусов.

Частотный преобразователь

Подбираем решения под ваши задачи с учётом особенностей оборудования и требований

На этом сайте вы сможете узнать актуальные данные о погоде в Назрани, включая прогнозы на ближайшие дни и часы

Комментарии (0)

Добавить комментарий

Ваш email не публикуется. Обязательные поля отмечены *