Саҥа технологиялар үнүстүүттэригэр

Саха тылын, литэрэтиирэтин учууталлара аныгы технологиялары туттан үөрэтэр үлэлэрин опытын атастаҺыыларын туҺунан.

Саха тылын, литэрэтиирэтин учууталлара аныгы технологиялары туттан үөрэтэр үлэлэрин опытын атастаҺыыларын туҺунан. «Саҥа технологиялар үнүстүүттэригэр» саха тылын, литэрэтиирэтин учууталларын аныгы технологиялары туттан үөрэтэр үлэлэрин опытын атастаҺыылара буолла. БиҺиги улууспутуттан Хаҥалас орто оскуолатын учуутала Бочкарева Агафья Степановна үлэтин уопутун атастаста.
Үөрэнээччини уруокка көҕүлүүр, умсугутар, сонурҕатар ньыманы булуу — бу хас биирдии учуутал сыала-соруга. Үөрэнээччи төрөөбүт тылын умсугуйан, ылларан туран үөрэтэрин ситиҺии учуутал дьоҕуруттан, туттар ньыматыттан, тылыттан-өҺүттэн улахан тутулуктаах. Агафья Степановна билиҥҥи оҕо болҕомтотун тардар туҺугар онлайн платформалары толору баҺылаабытын көрдөрдө. Learning Apps.or, Wordwall курдук платформаларга тургутуктары, тыл оонньуутун, бэйэ санаатынан сыанабылга туттар үтүө үөрүйэҕин, сатабылын көрдөрдө. Үлэтигэр туттар киирии сатабылы (приложенияны) араастаан уларытан туттар эбит.
E-Treniki — онлайн конструкторы бэркэ туттар. Ону таҺынан QR куйаар кодунан араас кинигэлэри, музейдары, библиотекаттан сорудахтары туҺанарын кэпсээтэ.
Book creator платформаҕа учуутал даҕаны, оҕо даҕаны тэттик кинигэ оҥоруон сөп. Ол иҺин Агафья Степановна бу мантын оҕолору сайыннарар үлэ биир көрүҥүнэн киэн тутта кэпсээтэ.
Уопсайынан, Агафья Степановна бары өттүнэн дэгиттэр сайдыылааҕын, дириҥ билиилээҕин бу дьоҺун түҺүмэххэ кыттан көрдөрдө. Онон Ньурба улууҺун саха тылын, литэрэтиирэтин учууталлара билиҥҥи ирдэбилгэ бэлэмнээхтэрин туоҺута буолла. Биир идэлээхтэрэ сэҥээрэ иҺиттилэр. Манна даҕатан эттэххэ, Агафья Степановна саас ыыттыллыбыт республиканскай саха тылын учууталларын күрэҕэр эмиэ кыттыбыта. Эдэр, кэскиллээх коллегабар Агафья Степановнаҕа айымньылаах үлэтигэр үрдүк ситиҺиилэри баҕарабын.

Никитина А.И. Өҥөлдьө оскуолатын уҺулуччу үрдүк категориялаах учуутала, саха тылын, литэрэтиирэтин уонна култууратын учууталларын 1 уонна 2 сийиэҺин дэлэгээтэ.

Последние новости

Праздник: Глава Якутии Айсен Николаев поздравляет с Рождеством Христовым

Дорогие якутяне! От имени руководства Республики Саха (Якутия) и от себя лично сердечно поздравляю вас с Рождеством Христовым!

В Якутии за последние годы построили 171 новый объект образования

В Якутии в рамках различных программ за последние семь лет построен 171 новый объект образования.

В 2025 году изменят правила для назначения пенсий

Выплаты пожилым людям повысят, а условия выхода на заслуженный отдых уточнят Возвращение индексации пенсий работающим пенсионерам и новые возможности для подтверждения права на льготы — пожилых людей ждет сразу нескол

Частотный преобразователь

Подбираем решения под ваши задачи с учётом особенностей оборудования и требований

На этом сайте вы сможете узнать актуальные данные о погоде в Великих Луках, включая прогнозы на ближайшие дни и часы

Комментарии (0)

Добавить комментарий

Ваш email не публикуется. Обязательные поля отмечены *