Артур Алексеевы уонна Виктор Губаревы олоҕо суох хараардар үлэҕитин тохтотуҥ!

Биһиги түмсүүлээхпит, ол иһин күүстээхпит. Ити этиллэр Уус-Алдан, Чурапчы, Мэҥэ Хаҥалас партийнай тэрилтэлэрэ биһиги партиябыт инники күөҥҥэ сылдьар тэрилтэлэрэ.

 

Биһиги түмсүүлээхпит, ол иһин күүстээхпит. Ити этиллэр Уус-Алдан, Чурапчы, Мэҥэ Хаҥалас партийнай тэрилтэлэрэ биһиги партиябыт инники күөҥҥэ сылдьар тэрилтэлэрэ. Кинилэри кытта биһиги бииргэбит. Кинилэринэн киэн туттабыт, холобур оҥостобут.

Федора АММОСОВА — РФКП Саха сиринээ ҕ и комитетын чилиэнэ, “Сэрии о ҕ олоро” Саха сиринээ ҕ и тэрилтэтин бэрэссэдээтэлин солбуйааччы:

— Артур Алексеев , Виктор Губарев курдук буһа-хата ис сүрэхтэриттэн үлэлии сылдьар дьону була сатыы-сатыы тоҕо итинник баһааҕырдан суруйуохха сөбүй? Ааккытын-суолгутун тоҕо суруйбаккыт? Куттанаҕыт дуо? Абааһы курдук саһа сылдьан, киһини кэнниттэн үөҕэҕит эбэтэр харчы биэрэн суруйтараллар дуу?

Виктор Губарев уонна Артур Алексеев курдук чаҕылхай өйдөөх-санаалаах, киэҥ билиилээх-көрүүлээх, чиэһинэй, үтүө-мааны суобастаах, олохторун барытын норуот уонна Ийэ дойдуларын туһугар анаабыт дьону булбат инигит. Эһиги кинилэр аҥар да атахтарыгар тиийбэккит, хаһан да тиийиэххит да суоҕа. Артур Алексеев уонна Виктор Губарев — республика дьонугар-сэргэтигэр улаханнык убаастанар дьон. Ону эһиги, түөкүттэр курдук, муннуктан саһа сытан тааһынан быраҕаттанааччылар, тугунан да суоруоххут, сотуоххут суоҕа!

Биһиги, коммунистар, лидердэрбитин мэлдьи өйүүбүт, билинэбит, ытыктыыбыт. РФКП (КПРФ) дьыалата кырдьыктаах! Кыайыы син биир — коммунистарга!

 

Геннадий ОЛЛОНОВ — РФКП Уус-Алданнаа ҕ ы райкомун бастакы секретара:

— Бу Роман Егоров олох да иэдэйбит дуу?! Соторутааҕыта эрэ коммунистары өйүүр этэ дии! Мин уолун Айхалы (Яшканы) кытта анал байыаннай операцияҕа (СВО) сырыттаҕына да, ол иннинэ да үчүгэйдик билсэр этим. Хомойуох иһин, Айхал бараахтаабыта…

Айхал Уус-Алдан коммунистарын күүскэ өйүүр этэ. Онтон аҕата, Роман, сэрэйдэххэ, «ким эрэ» сабыдыалыгар киирэн, РФКП салалтатын холуннарартан соло булбат. Эмискэ, соһуччу… Эбэтэр хара пиар эбитэ дуу? Кыыһа уонна бэйэтэ Петр Аммосовка көмөлөһөөччү быһыытынан кырата суох хамнаска үлэлииллэр…

Анастасия ПЕТРОВА — РФКП Дьокуускай куораттаа ҕ ы комитетын и һ инэн ү лэлиир Социальнай киин салайааччыта:

— Бу ыстатыйа сымыйата, дьиҥнээх чахчыга олоҕурбатаҕа илии баттааһына суоҕуттан да биллэр. Коммунистары хоруордан суруйарын билинэр буолан, аатын суруйбат.

Кырдьыксыт киһи син аахсар, кырдьыгын булунар аргуменнардаах буоллаҕына, туохтан толлуой? Онон мин бу суруйууга отой суолта биэрбэппин. Буруйдааһыннарын дакаастыыр кыаҕа суох, уопсай тылынан саба быраҕан партияны киртитэ сатаабыт диэн тус бэйэм сыаналыыбын.

Мин ордук Илин эҥэр райкомнарын эһэ сатаабыттарын туһунан диэн этиини итэҕэйбэппин. Партия салайааччылара, төттөрүтүн, бары райкомнар үлэлэрин сырдата, өйүү, холобур оҥостоллорун билэбин. Ол иһин ити этиллибит партийнай тэрилтэлэр быыбардарга мэлдьи үрдүк көрдөрүүлэри ситиһэллэр. Быыбар эрэ буолуо дуо, араас бэлиэ дааталарга кинилэр эрэ актыыбынай, маассабай үлэни ыыталлара мэлдьи «Коммунист» хаһыакка, сайтарга, WhatsApp-бөлөхтөргө сырдаталларыттан көстөр.

Коммунистар биир сутурук курдук түмсүүлээхтик үлэлииллэрэ бу чахчыларынан да дакаастанар. Киэҥ хабааннаах улэҕэ, биллэн турар, партия салалтатын улахан оруола өтө көстөр.

Семен НИКИТИН — РФКП Чурапчытаа ҕ ы райкомун бастакы секретара:

— РФКП Чурапчытааҕы райкома Госдума быыбарыгар кыайыыны ситиспитин иһин партийнай тэрилтэ үлэтэ мөлтөҕүн туһунан суруйуулары кэнники кэмҥэ WhatsApp нөҥүө соруйан тарҕаттылар. Чурапчы партийнай тэрилтэтэ былаан быһыытынан үлэлии олоробут. Буолаары турар быыбарга штаб тэринэн, мобильнай бөлөхтөрү бигэргэтэн, агитацияны саҕалаатыбыт. Учаастактардааҕы быыбар хамыыһыйаларыгар үлэлиир коммунистар уонна биһиги диэки буолааччылар састааптарын саҥардан бигэргэттибит.

Күндү Саха сирин олохтоохторо! WhatsApp нөҥүө Саха сирин коммунистарын, кинилэр салайааччыларын, чуолаан, Чурапчы райкомун п үлэтин түһэрэн көрдөрөр суруйуулары итэҕэйимэҥ! Хас биирдии коммунист бойобуой дьоҕурун сүтэрбэккэ, Ил Дарханҥа турбут Виктор Губарев кандидатуратын, Ил Түмэнҥэ, Улуус мунньаҕар турбут депутакка кандидаттарбыт тула сомоҕолоһон үлэбитин саҕалыаҕыҥ. Υлэ күөстүү оргуйар. Коммунистар, инникибит диэки!

Бука бары — быыбарга! Кыайыы — РФКП-га (КПРФ)!

Валерий ФИЛИППОВ — РФКП Мэ ҥ э Ха ҥ аластаа ҕ ы райкомун бастакы секретара:

— РФКП Саха сиринээҕи комитетын салайааччыларын: Ленинскэй бириэмийэ лауретатын Виктор Губаревы уонна дойду үрдүнэн аан бастакынан Саха сиринээҕи коммунистическай партияны олохтообут, тэрийбит, социализм идеяларын турууласпыт Т ө л ө нн өө х Артуру — Артур Алексеевы олоҕо суох хараардыыны, сиэри таһынан буруйдуулларын, норуокка атын өйдөбүлү соҥнуу, иҥэрэ сатыылларын сыыһанан ааҕабын.

Билигин дойдубутугар төһө да уустук балаһыанньа бүрүүкээтэр, Виктор Губарев уонна Артур Алексеев курдук чаҕылхай коммунистар баар буоланнар, Саха сиригэр коммунистическай идеологияны, социалистическай тутулу олоххо киллэриигэ туруулаһан үлэлиир, норуот кыһалҕаларын быһаарыыга, тупсарыыга актыыбынайдык үлэлиир политическай күүһү — РФКП-ны — дьон-сэргэ билинэр.

Биһиги партийнай тэрилтэбитигэр халбаҥнаабат позициялаах, ытыктанар коммунистар элбэхтэр. Эдэр көлүөнэ коммунистар эмиэ бааллар. Эдэр дьон партияҕа киириилэрэ сыллата элбиир. Пионердар уонна комсомолецтар үлэлииллэрэ — эмиэ мэлдьэһиллибэт чахчы. Ол иһин хапытаал былааһыгар бэрт буола сатааччыларга өссө төгүл этэбит: Виктор Губаревы уонна Артур Алексеевы олоҕо суох хараардар үлэҕитин тохтотуҥ! Биһиги дьыалабыт — кырдьыктаах, биһиги кыайыахпыт!

Галина МОХНАЧЕВСКАЯ,

«Коммунист» ха һ ыакка анаан бэлэмнээтэ,

SakhaKPRF . ru .

 

Последние новости

В 2025 году минимальный размер оплаты труда в России вырастет до 22 440 рублей

Работодатели обязаны соблюдать этот уровень, и за несоблюдение могут быть наложены штрафы В 2025 году минимальный размер оплаты труда (МРОТ) в России составит 22 440 рублей,

Сегодня увеличились пенсии всех категорий пенсионеров. Насколько?

Индексация пенсий соответствует уровню инфляции. Рост выплат работающим пенсионерам составил 7,3%.Страховые пенсии работающим и неработающим пенсионерам проиндексируют на 7,3 процента с 1 января 2025 года,

Прогноз погоды в Якутске на 4 января

Сегодня в 06:00 в Якутске температура воздуха в районе Гимеин -50 градусов, в районе Аэропорт -49 градусов.

МегаФон для бизнеса: как выбрать интернет-тариф для работы и путешествий

Решения для предпринимателей и компаний, которые ценят стабильность, скорость и удобство подключения

На этом сайте представлены актуальные варианты, чтобы снять квартиру в Казани на выгодных условиях

Комментарии (0)

Добавить комментарий

Ваш email не публикуется. Обязательные поля отмечены *