Норуот дьокутааттара «Боотур» добровольческай этэрээти кытта көрүстүлэр
«Үтүө күнүнэн, күндү байыастар!
Антонина Григорьева «Боотурдары» эҕэрдэлээтэ уонна бойобуой дьайыы кыттыылаахтарыгар туох көмө оҥоһулларын эттэ:
«Үтүө күнүнэн, күндү байыастар! Хорсун-хоодуот санааҕытыгар сүгүрүйэн туран, өрөспүүбүлүкэ парылааманын аатыттан кэлэн иһэр дьиҥнээх эр дьон бырааһынньыгынан Эһигини эҕэрдэлиибин! Биһиги анал байыаннай операция саҕаланыаҕыттан бэбиэскэҕэ үлэлэспиппитинэн барбыппыт. Ол курдук, хас да аахсыйаны бэйэбит хамнаспытынан тэрийэн, бойобуой дьайыыга наадалаах тэриллэри ыыппыппыт. Бэйэбит быыбардаммыт уокурукпутугар анал байыаннай операция кыттыылаахтарын дьиэ кэргэннэрин, ийэлэрин, оҕолорун кытта көрсөн, туох кыһалҕа баарынан билсэн, кыахпыт баарынан көмөлөһөбүт. Бүгүн Эһигини кытта кэпсэтэн, Эһиэхэ туох наадатын билиэхпит.
Бу бастакы көрсүһүүбүт буолар. Биһигини кытта эһиги быраапкытын көмүскүүр консультация биэрээри юрист Юрий Пономарев , эҕэрдэлээри СӨ култууратын туйгуна Егор Толбонов, СӨ үтүөлээх артыыһа, аккордеонист-виртуоз Борис Корниенко бааллар. Маны таһынан, «Дьокуускайдааҕы килиэп кэмбинээтэ» (генеральнай дириэктэр Светлана Кынакытова ), «Чокуурдаах балык» (генеральнай дириэктэр Екатерина Ступень ), «ОкСиэ» (дириэктэр Валентин Иванов ) ас-үөл тэрилтэлэрин үлэһиттэрэ кэллилэр. Кинилэр ис санааларыттан бу аахсыйаҕа кыттыһан Эһиэхэ махтанан туран кэһии аҕаллылар. Саха Өрөспүүбүлүкэтинээҕи саллааттар уонна матростар ийэлэрин кэмитиэтин бэрэссэдээтэлэ Мария Емельяновалыын ааспыт сайыҥҥыттан Владивостокка баар оҕолору көрсөммүт, ыһыах тэрийэн, чаастарга туох наадатын барытын кэпсэтэн көмөлөспүппүт. Туох кыһалҕа үөскээбитинэн Ил Түмэҥҥэ суруйа тураарыҥ, оччоҕо хайдах кыалларынан өйөһө туруохпут. Бойобуой дьайыылар кыттыылаахтарыгар, инникитин даҕаны, араас боппуруостарын, эмтэниилэрин быһаарсарга бэлэммит. Эһиги дьиэ кэргэннэргит туох кыһалҕалаахтарын кыбыстыбакка этэн иһээриҥ. Эһиги ыччаты үөрэтиигэ уонна военно-патриотическай иитиигэ оруолгут улахан.
Ийэлэргит, кэргэннэргит тапталлара, биир дойдулаахтаргыт эрэллэрэ – сүрдээх улахан күүс. Бу улуу таптал үс куккутун куустун, арчылаатын, көмүскээтин, хорсун санааны олохтоотун. Иэримэ дьиэҕитигэр этэҥҥэ доруобай эргиллэн кэлэргитигэр баҕарабын!».
Виктор Губарев саллааттары кэлэн иһэр Аҕа дойду көмүскээччилэрин күнүнэн эҕэрдэлээтэ. «Өрөспүүбүлүкэ хас биирдии байыаспытыгар көмөлөһөр уонна болҕомто уурар. Анал байыаннай операция кыттыылаахтарыгар «туох да иһин тыыннаах хаалыҥ» диэн сорук биэрэбит. Хорсун уолаттарбытыгар улахан махтал!», – диэтэ Ил Түмэн Бэрэссэдээтэлин солбуйааччыта.
Ити кэннэ Антонина Григорьева эр санааларын уонна хорсун быһыыларын иһин «Украинатааҕы анал байыаннай операция кыттыылааҕа» мэтээллэри байыастарга туттарда.
Владимир Чичигинаров добровольческай этэрээккэ тус аатыттан уонна кэмитиэтин аатыттан махтанан туран, кинилэри Аҕа дойду көмүскээччилэрин күнүнэн эҕэрдэлээтэ. Кини байыаннай дьайыыга кытта сылдьар уолаттарга көмөлөһөр аналлаах сокуоннар ылыллыбыттарын туһунан кэпсээтэ. «Мин бэйэм саллааттары эминэн хааччыйыы уонна балыыһаҕа эмтээһин өттүгэр үлэлэһэбин. Госпитальга сытар уолаттары көрсөрбөр күүстээх санааларын сөхпүтүм-махтайбытым. Кыттан кэлбит уолаттарга барыгытыгар сүгүрүйэбин уонна дириҥ махталбын тиэрдэбин», – диэн эттэ сис кэмитиэт бэрэссэдээтэлэ.
Дмитрий Семенов мустубут буойуттары кэлэн иһэр бырааһынньыктарынан эҕэрдэлээтэ уонна билигин барар этэрээккэ тактическай, бойобуой, физическэй бэлэмнэниини үчүгэйдик ааһалларыгар баҕарда. «Өрөспүүбүлүкэбит салалтата, ол иһигэр Ил Түмэн, дьиэ кэргэҥҥитигэр күүс-көмө буолар. Норуот барыта көмөлөһө сылдьар. Онон кэннигитин көрбөккөҕүт эрэ эрэллээхтик бараҥҥыт дойдугутун көмүскээҥ!», – диэн атаарар тылын эттэ норуот дьокутаата.
«Боотур» этэрээт кыттыылаахтара юридическай хайысхалаах ыйытыылары биэрдилэр, онуоха парылааман юриһа хоруйдаата уонна салгыы көмөлөһүөх буолла. Доброволецтар Ил Түмэн дьокутааттарыгар өйөбүллэрин иһин махтаннылар.
Ил Түмэн пресс-сулууспата
Последние новости
Первая газотурбинная станция на вечной мерзлоте отмечает юбилей
Первая газотурбинная станция на вечной мерзлоте отмечает 55-летие. Сегодня, 10 января, уникальная по замыслу и исполнению Якутская ГРЭС ПАО «Якутскэнерго» (входит в Группу РусГидро) отмечает 55-летний юбилей.
В 2024 году АО «АК «ЖДЯ» перевезли более 8,2 млн тонн грузов
Текст: Yakutia.Info YAKUTIA.INFO. Объем перевозок грузов по инфраструктуре АО «АК «ЖДЯ» Нерюнгри-Пассажирская - Нижний Бестях за 2024 год составил 8,26 млн тонн, что на 8% больше по сравнению с 2023 годом.
США ввели самый значительный пакет санкций против нефтегазового сектора в РФ
Вашингтонская администрация ввела санкции против более тридцати нефтесервисных компаний, которые базируются в России.
Частотник
Осуществляем поставку в оговоренные сроки, обеспечивая быструю отправку