Поздравление Главы Республики Саха (Якутия) Айсена Сергеевича Николаева с Ысыахом Туймаады

Уважаемые якутяне! Дорогие гости Якутии! От имени руководства Республики Саха (Якутия) и от себя лично от всей души поздравляю вас с национальным праздником!

Уважаемые якутяне!
Дорогие гости Якутии!

От имени руководства Республики Саха (Якутия) и от себя лично от всей души поздравляю вас с национальным праздником!

Ысыах Туймаады – самый масштабный национальный праздник самого большого региона Российской Федерации, объединяющий все народы, живущие на этой благословенной земле. В этом году он посвящён Году семьи в России, Году детства в Якутии и VIII Международным спортивным играм «Дети Азии». На Ысыахе мы показываем красоту и самобытность своих традиций и обычаев, богатство культуры, дружбу и взаимопонимание, достижения наших народных мастеров.

Вновь на просторах долины Туймаада в местности «Үс Хатыҥ» раскинется грандиозный праздничный тюсюлгэ, радуя наши сердца великолепием цветов и красок и разнообразием уникальной культуры народов Якутии.

Ысыах всегда собирает многотысячный круг гостей. В этом году желанными гостями Ысыаха Туймаады станут участники VIII Международных спортивных игр «Дети Азии» – одного из самых грандиозных и масштабных спортивных мероприятий 2024 года в Российской Федерации.  На игры приехали более 3 тысяч спортсменов из 24 стран мира и 5 федеральных округов и регионов нашей страны. В программу Игр входят 24 вида спорта, по которым юные атлеты разыграют 239 комплектов медалей.

Своё приветствие участникам и гостям VIII летних Международных спортивных игр «Дети Азии» направил Президент Российской Федерации Владимир Владимирович Путин. Он отметил, что наши традиционные соревнования всегда проходят на высоком организационном и творческом уровне, вносят значимый вклад в развитие детско-юношеского спорта, популяризацию идей олимпийского движения, укрепление дружбы между народами разных стран. Глава государства пожелал спортсменам успехов, интересных встреч и незабываемых впечатлений.

В честь Года семьи в стране и Года детства в Якутии, большое внимание в богатой программе праздника будет уделено семейным традициям и счастливому детству. Семья – наш оплот, наш крепкий фундамент, дети – будущее нашей республики, страны и мира.  Впервые в рамках праздника пройдут финальные соревнования республиканских летних «Игр Бэргэна» среди юношей и девушек.

Якутяне и гости праздника увидят порядка 100 ритуально-обрядовых, культурных и спортивных мероприятий.  Порадуют новыми интересными конкурсами: «Уран мас ураты ойуута-оһуора» для мастеров резьбы по дереву,  вокальным смотром-конкурсом для всей семьи «Дьиэ кэргэнинэн ыллыыбыт», познавательным конкурсом якутских имен «Сахалыы куттаах мин аатым». Многих почитателей традиционно соберёт вокруг себя конкурс исполнителей народных песен «Дьүрүскэн куолас».

Очень интересна в этом году конкурсная программа кузнецов, которые покажут выплавку железа из местной руды старинным сыродутным способом, и мастер-классы по ковке клинка якутского ножа и хомуса от именитых мастеров.

И, конечно же, традиционно мы станем свидетелями ярких финальных состязаний сильнейших на «Играх Дыгына» и зрелищных забегов лучших наших скакунов на Республиканских конных скачках на призы Главы Республики Саха (Якутия).

Многонациональный народ Якутии на Ысыахе Туймаады, взявшись за руки, в едином круге танца объединится на конкурсе сказителей осуохай.

Каждый найдёт себе на Ысыахе Туймаады занятие по душе, чтобы навсегда запомнить эти яркие, праздничные, объединяющие всех нас дни.

Уважаемые жители республики!

Ещё раз поздравляю вас с Ысыахом Туймаады! Желаю крепкого здоровья и благополучия вам и вашим близким! Пусть благословенный алгыс, произнесенный на нашем национальном празднике, принесет всем добро и счастье! Уруй-туску, айхал - мичил!   


Глава Республики Саха (Якутия)                                                                                       

Айсен Николаев.


Саха Өрөспүүбүлүкэтин Ил Дархана Айсен Сергеевич Николаев

Туймаада-2024 Ыһыаҕынан эҕэрдэтэ

Саха сирин ытыктабыллаах олохтоохторо!

Күндү ыалдьыттар!

Саха Өрөспүүбүлүкэтин салалтатын аатыттан уонна тус бэйэм Үрүҥ Тунах Ыһыаҕынан ис сүрэхпиттэн эҕэрдэлиибин!

Туймаада Ыһыаҕа – Арассыыйа Федерациятын саамай бөдөҥ субъегар – алгыстаах Саха сиригэр олорор бары омуктары түмэр киэҥ далааһыннаах национальнай бырааһынньык. Быйылгы Ыһыах – дойдуга ыытыллар Дьиэ кэргэн сылыгар, Саха сиригэр биллэриллибит Оҕо сылыгар уонна «Азия оҕолоро» успуорт норуоттар икки ардыларынааҕы VIII оонньууларыгар ананар. Ыһыахха бэйэбит төрүт үгэстэрбитин, ураты култуурабытын, доҕордоһуубутун, норуот маастардарын ситиһиилэрин көрдөрүөхпүт, өрө тутуохпут.

Туймаада киэҥ хочотугар, Үс Хатыҥҥа, бырааһынньык киэҥ бэйэлээх түһүлгэтэ нэлэһийиэҕэ, Саха сирин бары норуоттарын ураты култуураларын эриэккэс кэрэтэ, эгэлгэ өҥө-кустуга сүрэхпитин сылаанньытыаҕа.

Ыһыах түһүлгэтэ былыр да, быйыл да ыраахтан-чугастан ыалдьыттары түмэр. Быйыл Туймаада Ыһыаҕын ытык-мааны ыалдьыттарынан 2024 сылга Арассыыйа Федерациятын оҕолор успуортарыгар саамай далааһыннаах тэрээһинин – «Азия оҕолоро» успуорт норуоттар икки ардыларынааҕы VIII оонньууларын кыттыылаахтара буолуохтара. Бу оонньууларга 24 омук сириттэн уонна биһиги дойдубут 5 федеральнай уокуругуттан уонна эрэгийиэниттэн 3 тыһыынчаттан тахса спортсмен кэллэ.

«Азия оҕолоро» успуорт норуоттар икки ардыларынааҕы VIII оонньууларын кыттыылаахтарыгар уонна ыалдьыттарыгар Арассыыйа Федерациятын Бэрэсидьиэнэ Владимир Владимирович Путин эҕэрдэтин ыытта. Кини биһиги үгэс буолбут күрэхтэһиилэрбит мэлдьи үрдүк тэрээһиннээхтик, айымньылаахтык ыытыллалларын, оҕо-ыччат успуордун сайыннарыыга, олимпийскай хамсааһын тыынын тарҕатыыга, араас дойдулар норуоттарын икки ардыларыгар доҕордуу сыһыаны бөҕөргөтүүгэ дьоһун кылааты киллэрэллэрин бэлиэтээтэ. Судаарыстыба баһылыга эдэр спортсменнарга ситиһиилэри, кэрэхсэбиллээх көрсүһүүлэри, умнуллубат түгэннэри баҕарда.

Дойду үрдүнэн Дьиэ кэргэн сылынан, Саха сиригэр Оҕо сылынан ситимнээн бырааһынньык баай ис хоһоонноох бырагырааматыгар дьоһун болҕомтону дьиэ кэргэн үгэстэригэр уонна дьоллоох оҕо сааска уурдубут. Дьиэ кэргэн биһиги тирэхпит, эрэллээх эркиммит, оҕо – өрөспүүбүлүкэ, дойду, аан дойду кэскилэ. Бырааһынньык чэрчитинэн кыргыттар уонна уолаттар ортолоругар ыытыллар өрөспүүбүлүкэтээҕи  Бэргэн оонньууларын кыайыылааҕын быһаарар түмүктүүр түһүмэх аан бастакытын буолуоҕа.

Саха сирин дьонугар-сэргэтигэр уонна ыалдьыттарыгар анаан Туймаада Ыһыаҕар сиэр-туом, култуура уонна успуорт 100-тэн тахса тэрээһинэ, ол иһигэр бастакытын буолар уран тарбахтаахтар «Уран мас ураты ойуута-оһуора» күрэхтэһиилэрэ,  «Дьиэ кэргэнинэн ыллыыбыт» ырыа куонкуруһа, «Сахалыы куттаах мин аатым» сахалыы ааттар куонкурустара ыытыллыахтара. «Дьүрүскэн куолас» норуот ырыаларын толорооччулар куонкурустара үгэс курдук үгүс сүгүрүйээччи болҕомтотун тардыаҕа.

Быйыл тимир уустарын куонкуруһун бырагыраамата ураты умсугутуулаах буолара күүтүллэр, манна тимир уустарбыт былыргы ньыманан тимири уһаарыыны, ону тэҥэ саха быһаҕын уонна хомуһу хайдах охсору көрдөрүөхтэрэ.

Ону тэҥэ, биллэн турар, үгэс курдук Дыгын оонньууларыгар саха ньургун уолаттарын күүрээннээх күрэс былдьаһыыларын уонна Саха Өрөспүүбүлүкэтин Ил Дарханын бирииһигэр өрөспүүбүлүкэтээҕи ат сүүрдүүтүн көрүөхпүт.

Туймаада Ыһыаҕар оһуохайы таһаарааччылар куонкурустарыгар Саха сирин элбэх омуктаах норуота илии-илииттэн сиэттиһэн оһуохай үҥкүүтүн түһүлгэтигэр түмсүөҕэ.

Туймаада Ыһыаҕар хас биирдии киһи дууһата туохха тардыһарынан кэрэхсиир дьарыгын булуоҕа, бу күннэргэ барыбытын түмэр чаҕылхай бырааһынньык кэрэ өйдөбүлүн сүрэҕэр иҥэриниэҕэ.

Ытыктабыллаах Сахам сирин дьоно-сэргэтэ!

Туймаада Ыһыаҕынан өссө төгүл эҕэрдэлиибин! Эһиэхэ уонна эһиги чугас дьоҥҥутугар чэгиэн-чэбдик буолууну уонна уйгулаах олоҕу баҕарабын! Үрүҥ Тунах Ыһыахха этиллибит алгыс барыбытыгар үтүөнү, дьолу-соргуну түстээтин! Уруй-туску, айхал-мичил!


Саха Өрөспүүбүлүкэтин Ил Дархана                             

А.С.  Николаев.

Последние новости

«Чысхаан бэлэҕэ» бырааһынньыктааҕы кэнсиэр

Саха цирката саҥа дьылынан эҕэрдэлиир уонна тохсунньу 3 күнүгэр киэһээ 19 ч. «Чысхаан бэлэҕэ» бырааһынньыктааҕы кэнсиэргэ ыҥырар.

Новогодняя цирковая сказка «12 месяцев»

Ура! Скоро Новый год! Новогодние каникулы! Государственный цирк Якутии имени Марфы и Сергея Расторгуевых приглашает вас в мир чудес и волшебства — на новогоднюю цирковую сказку «12 месяцев» по мотивам пьесы Самуила Маршака.

10 лучших школьников по итогам 2024 года наградили на Елке главы Якутии

В Бриллиантовом цирке показали новогоднее представление «Двенадцать месяцев» 21 декабря в Бриллиантовом цирке Якутии состоялась Елка главы республики, которая проводится в 20-ый раз.

Преобразователь частоты

Все преобразователи проходят контроль и имеют сертификаты с гарантией

Здесь вы найдете свежие и актуальные новости в Наро-Фоминске, охватывающие все важные события в городе

Комментарии (0)

Добавить комментарий

Ваш email не публикуется. Обязательные поля отмечены *