Үлэни өрө тутан
Саха Өрөспүүбүлүкэтин физическэй культураҕа уонна спорка үлэһиттэрин профсоюзнай тэрилтэтин бэрэссэдээтэлэ, Саха Өрөспүүбүлүкэтин спорка ветераннарын Сэбиэтин бэрэссэдээтэлэ,
Саха Өрөспүүбүлүкэтин физическэй культураҕа уонна спорка үлэһиттэрин профсоюзнай тэрилтэтин бэрэссэдээтэлэ, Саха Өрөспүүбүлүкэтин спорка ветераннарын Сэбиэтин бэрэссэдээтэлэ, Саха Өрөспүүбүлүкэтин физическэй культураҕа уонна спорка үтүөлээх үлэһитэ, Гаврил Гаврильевич Сивцев бу муус устар сааскы ылааҥы күннэригэр, лоп-курдук, үбүлүөйдээх 75 сааһын туолла
Чурапчы Маралаайытын бөһүөлэгэр уон оҕолоох учуутал дьиэ-кэргэҥҥэ үһүс оҕонон күн сирин көрбүтэ. Кэлин ийэтэ Екатерина Сергеевна Морозова Герой ийэ үрдүк аатын ылбыта. Элбэх оҕолоох ыаллар оҕолорун үлэҕэ иитэн улаатыннараллар. Ол сиэринэн, Сивцевтэр оҕолоро бэйэлэрин тып-тап курдук көрүнэллэрэ, бэрээдэктээхтэрэ, ыраас-чэбэр этилэр, дьиэ иһинээҕи-таһынааҕы үлэлэргэ көмөлөсүһэллэрэ, дьиэтээҕи хаһаайыстыба көрүүтүн тулуппаттара.
“Таҥараһыт” сиэннэрэ
Сивцевтэр удьуор үлэһиттэр. Үтүө майгылаах, сытыары сымнаҕас аҕалара, эһээлэрэ Гаврил Николаевич учууталлаабыта, оскуолаҕа дириэктэрдээбитэ, сэбиэккэ бэрэссэдээтэллээбитэ. Мин оройуон комсомолун салайар кэммэр үөрэ-көтө көрсөрө, сүбэ-ама биэрэрэ, комсомольскай мунньахтар уураахтарын суруйарбытыгар көмөлөһөрө умнуллубат, махталлаах түгэннэр. Гаврил Гаврильевич үүт-үкчү аҕатын курдук.
Эмдэй-сэмдэй улаатан эрэр эһээ-эбээ оҕолоро саха төрүт дьарыгар уһуйуллубуттара. Сайынын “Уу Оҕустаах” алааһыгар баар сайылыктарыгар эһэлэригэр сүөһү көрөн, ынах ыан, оттоон сайылыыллара. Эһээлэрэ Николай Григорьевич сахаҕа улахан уҥуохтаах, дуоспуруннаах көрүҥнээх, элбэх саҥата суох, сиэннэрин мээнэ мөҕө-этэ сылдьыбат оҕонньор этэ. Саха төрүт дьарыгын өрө тутан сүөһү, сылгы иитэрэ. Ыанар ынахтара эрдэ төрүүллэрэ уонна элбэх үүтү биэрэллэрэ, төрүөхтэрэ төрөлкөйдөрө.Уһаайба ото оттонуор диэри оту тэбистэрбэтэ, ходуһаларыттан от бөҕөтүн ылаллара. Эбэлэрэ Харытыана олус улэһитинэн биллэрэ. Сайын, сахалар үгэстэринэн, ынахтарын күҥҥэ түөртэ ыыра. Үрүҥ аһы арыыны, сүөгэйи, суораты, бутугаһы, быырпаҕы дэлэччи астыыра. Күһүөрү саҥа үүмүт ньэчимиэн, сэлиэһинэй бурдук туораҕын сиэннэрин батыһыннара сылдьан хомуйтаран, кэлиигэ үлтү сынньан, тыалга көтүтэн, бурдук мэлийэр тааска тардан, бурдугун кус кынатынан хомуйан ылан тиэстэ мэһийэн, сибээс тимиргэ көмүлүөк оһоххо лэппиэскэ буһарара. Саҥа мэлиллибит бурдуктан буспут лэппиэскэ итиитигэр сииргэ минньигэһэ эриэхсит буолара.
Сиипсэптэри Мугудайга төрдүлэрин-уустарын «таҥараһыттарынан” билинэллэр. Хос эһэлэрэ Таҥараһыт Киргиэлэй диэн аатынан биллэрэ. Эһэлэрэ Николай Григорьевич таҥараны итэҕэйэрэ, утуйаары сытан дьиэлэрин муннугар турар таҥара мэтириэтигэр үҥэн кириэс охсунан сапсынарын көрдөхтөрүнэ сиэннэрэ куттанан куотан тахсаллара.
Спорка уһуйуллуу, тустууга категориялаах судьуйа
Ганя Мугудай оскуолатыгар ахсыс кылааһы бутэриэр диэри үөрэммитэ. Суоттуур предметтэри уонна физкультураны сөбүлүүрэ. Кыра сааһыттан мэник-тэник, бэйэтин кыанар буолан спордунан дьарыктанан улааппыта. Уһүс-төрдүс кылаастан Михаил Егорович Захаров салалтатынан көҥүл тустуунан дьарыктаммыта. Дириҥҥэ үөрэнээччилэр зонатааҕы күрэхтэһиилэригэр икки төгүл бастаабыта. Бэһис кылааска үөрэнэригэр тренерэ тустуу быраабылатыгар уонна тустууну судьуйалыырга үөрэппитэ. Ол түмүгэр оройуонугар улахан дьон күрэхтэһиилэрин судьуйалаабыта, спорткэмитиэт судьуйа категориятын иҥэрэн дастабырыанньа туттарбыта спорка бастакы ситиһиитинэн буолар.
Оҕолорго улаханнык ытыктанар, оройуон уонна өрөспүүбүлүкэ таһымыгар волейболга олус тахсыылаахтык оонньуур аатырар волейболист убайдыы-бырааттыы Григорий Николаевич уонна Василий Николаевич Оконешниковтарга физкультура уруогар үөрэммиттэ. Оскуола оҕолоро бары кинилэр курдук дэгиттэр сайдыылаах буолуохтарын баҕараллара. Инньэ гынан, Ганя Сивцев Григорий Николаевич Оконешниковы кумир оҥостон, эт-хаан өттүнэн сайдыылаах физкультура учуутала буоларга тардыспыта.
Ганя Григорий Николаевиһы кытары сэттис кылаастан армияҕа сулууспалыы барыар диэри ыкса алтыспыта. Сэттис кылааска оскуола комсомольскай ячейкатыгар спортивнай секторынан талыллыбыта. Маралаайы бөһүөлэгэр илин эцэр оройуоннарга ханна да суох 20х10 миэтэрэ иэннээх спортивнай сааланы 1963 сыл күһүнүгэр үлэҕэ киллэрэргэ учууталлар, үөрэнээччилэр элбэх үлэни көрсүбүттэрэ.
Алаҕарга олорор абаҕатыгар көмөлөһө Ганя алтыс кылааска атын оскуолаҕа тиийэн үөрэммитэ. Ол үөрэнэригэр дириэктэр Николай Михайлович Матвеевтан көҥүллэтэн оҕолору тустууга дьарыктаабыта. Тустууга дьарыктаммыт оҕолор оройуон күрэхтэһиитигэр кыттыбыттара. Сэттис кылаас үөрэнээччитэ Лыткин Сергей чөмпүйүөннээбитэ уонна Д.П. Коркин спортивнай оскуолатыгар ыҥырыллыбыта.
Куоркун итиллээччитэ
Чурапчы орто оскуолатыгар тохсус кылааска үөрэнэ киирбитэ уонна тута Д.П. Коркиҥҥа эрчиллиитин саҕалаабыта. Оҕолор ортолоругар ССРС чөмпүйүөнэ Прокопий Шестаков кэнниттэн оройуоҥҥа иккитэ иккис миэстэлэммитэ. Амма, Таатта, Чурапчы үс оройуон хапсаҕайга күрэхтэһиилэригэр үһүс бириистээх миэстэлэммитэ.
Интернатка олорор кэмигэр элбэх тустуук уолаттары кытары алтыһара. Егор Пудов, Иосиф Колесов, Петр Жирков буоланнар биир хоско олорбуттара үтүө өйдөбүллэр. Бэйэтин ыйааһыныгар уһун, хатыҥыр уҥуохтаах, тэтиэнэх буолан оскуола, оройуон таһымынан бэркэ тустубута. Бииргэ дьарыктаммыттартан Слава Карпов, Проня Шестаков, Коля Захаров – Сахаачча, Володя Андросов, Рома Неустроев, Сеня Морфунов, Петя Жирков уо.д.а. ССРС-ка, Россияҕа бастаталааннар улуу тренер Дмитрий Петрович Коркин бастакы көлүөнэ биллиилээх тустууктар буолан тахсыбыттара. Өрөспүүббүлүкэ үтүөлээх үлэһиттэринэн буолуталаабыттара. Оскуолаҕа производственнай үөрэхтээһини ааһаннар Гаврил экзаменын ситиһиилээхтик туттаран тракторист-машинист быраабын ылбыта.
1966 сыллаахха орто оскуоланы бүтэрэн төрөөбүт-үөскээбит дойдутугар Калинин аатынан холхуоска армияҕа барыар диэри биир сыл тырахтарыыстаабыта. Төрөппүттэригэр дьиэ-туталларыгар улахан көмөнү оҥорбута, ДТ-54 тыраахтарынан ойууртан мас собуостаабыта, пилорамаҕа хайыттарбыта, лафеты, хаптаһыннары таспыта, устуруустаан бэлэмнээбитэ. 1967 сыллаахха Тихоокеанскай флотка ус сыл сулууспалаан Ийэ дойдутугар ытык иэһин толорбута, холхуоһугар бурдук хомууругар комбайҥҥа таһаарыылаахтык үлэлээннэр, убаһанан бириэмийэлэммиттэрэ.
Олоҕо түстэммит Хабаровскай
1972 с. Хабаровскайга физкультура уонна спорт институтугар туттарсан киирэн «Кафедра спортивных игр» диэн волейбол отделениетыгар үөрэммитэ. Институкка үөрэнэр сылларыгар олоҕун доҕорун, дьолун көрсүбүтэ. Культура институтугар уорэнэр Горнай оройуонун, Мытаах нэһилиэгиттэн сылдьар Григорьева Валентина Серафимовналыын харахтарынан хайҕаһан, таптаһан, 1974 сыллаахха сүрэхтэрин холбооннор ыал буолбуттара. Ол күһүн дойдуларыгар тиийэн сыбаайбалаан, Сивцевтэр диэн саҥа ыал тэриллибитэ. 1976 сыллаахха институтун бүтэрэн, Дьокуускай куоракка олохсуйан, кыыстаах, уол оҕолонон, түөрт сиэннэнэн, дьиэ-уот туттан, күн бүгүнүгэр диэри үлэлээн-хамсаан, дьоллоохтук-соргулаахтык олороллор. Валентина Серафимовна 49 сыл устата университет научнай библиотекатыгар библиотекарынан, библиотека директорын солбуйааччынан таһаарыылаахтык улэлээн, «Саха Республикатын культураҕа үтүөлээх үлэһитэ» үрдүк аата иҥэриллибитэ.
Спорт эйгэтигэр
1976 сыллаахха Хабаровскай физкультурнай институтун ситиһиилээхтик бүтэрэн кэлбит эдэр специалист Гаврил Сивцев “Урожай” уобаластааҕы сэбиэтигэр спортивнай отдел сэбиэдиссэйинэн үлэтин саҕалаабыта. Бэрэссэдээтэллэр Анатолий Петрович Стручков, Аркадий Михайлович Алексеев солбуйааччыларынан үлэлээбитэ. Москаҕа буолар Олимпийскай оонньуулары көрсө, ол иһигэр 1977, 1979, 1981, 1983 сылларга Манчаары Спартакиадалара үрдүк тэрээһиннээхтик ыытыллыыларын ситиспитэ.
Эрчимнээхтик, айымньылаахтык үлэлиир эдэр салайааччы Дьокуускай куорат Октябрьскайдааҕы оройуонугар спорткомитет бэрэссэдээтэлинэн өрө таһаарыллыбыта. 1983 сыл от ыйыттан былаас эстиэр диэри таһаарыылаахтык улэлээбитэ. Биэс сыл устата Василий Сергеевич Долгунов бэрэссэдээтэллээх Октябрьскай райисполкома тэрийэн ыытар улэлэригэр айымньылаахтык, көхтөөхтүк кыттыбыта. Тулагыга унна Маҕаҥҥа спортивнай саалалар, куорат кварталларыгар хоккей кортара, оҕо балассааккалара тутуллубуттара. “Күөх хонууга” куорат олохтоохторо хайыһардыыр, хаҥкылыыр, ыраас салгыҥҥа сынньанар спортивнай комплекстара оҥоһуллубута.
Гаврил Гаврильевич тус бэйэтинэн сүүрэн-көтөн 1985 с. тирии-атах таҥаһын комбинатын кытта кэпсэтэн спортсменнарга аналлаах кроссовкалары, иис фабрикатыгар спортивнай туруусук тиктэриллэрин ситиспитэ. Үөрэнээччилэр, үлэ колективтарын спартакиадалара көҕүлэммиттэрэ, волейбол кулууптарын хамаандалара, “СахаВА” тэриллибиттэрэ.
Профсойуус лидерэ
80-с сыллар бүтүүлэригэр - 90-с сыллар саҕаланыыларыгар сэбиэскэй былаас, партия эстэннэр, олох төрдүттэн уларыйбыта. Саҥа демократическай тыыннаах олох, атыы-тутуу кэмэ кэлбитэ. Тыа сирин үлэтигэр-хамнаһыгар, олоҕор-дьаһаҕар, Өрөспүүбүлүкэ спордугар, оройуон спордун салайыыга үөрүйэх Гаврил Гаврильевич Сивцев курдук кадрдар таах олорон биэрбэтэхтэрэ. Саҥа олоххо суолларын-иистэрин булуммуттара.
“Холбос” систиэмэтигэр киирэн үлэ кэлэктииптэрин түмэр ураты суоллаах-иистээх тэрийээччи быһыытынан биллибитэ. Саха сиригэр физкультурнай-спортивнай хамсааһын уһулуччулаах тэрийээччитэ уонна салайааччыта Афанасий Егорович Алексеевы кытары профсоюзка айымньылаахтык, көдьүүстээхтик үлэлээбитэ. Өрөспүүбүлүкэ профсоюзтарын куоталаһыыларыгар бастаталаабыттара.
Саха Өрөспүүбүлүкэтин Госкомспордун бэрэссэдээтэлэ Михаил Дмитриевич Гуляев Россия физическэй культураҕа уонна спорка үлэһиттэрин профсойууһун бэрэссэдээтэлэ Павел Алексеевич Рожковы кыта кэпсэтиилэрин түмүгүнэн Саха сиригэр физкультура уонна спорт үлэһиттэрин профсоюһа тэриллэр буолбута. 2013 сыллаахха Дьокуускайга буолан ааспыт конференцияҕа улуустартан, оройуоннартан кэлбит делегаттар профсоюзнай үлэҕэ уопуттаах Гаврил Гаврильевич Сивцеви бэрэссэдээтэлинэнэ биир санаанан талбыттара.
Профсоюзнай үлэ кураанах миэстэттэн саҕаламмыта. Спорт Министиэристибэтин кытта коллективнай дуогабар түһэрсиллибитэ. Үлэ харыстабыла, үлэһиттэр бырааптара, хамнас, дьарыктаах буолууну хааччыйыы, дойду Киин профсоюһун кытта ыкса ситими тутуһуу, актыыбы үөрэттэрии, ыччаты кытта үлэ - профсоюз ыытар үлэлэрин сүрүн хайысхаларынан буолбуттара.
Физическэй культура уонна спорт Министиэристибэтин иһинээҕи үлэ коллективтарын Спартакиадатыгар үлэһиттэр кыттыылара сыллата үрдүү турар. Өрөспүүбүлүкэ үлэҕэ коллективтарын профсоюзтарын Спартакиадаларыгар 5000 диэри ахсааннаах кэллэктииптэр 2-с бөлөхтөрүгэр 2015 уонна 2019 сыллардаахха бастаталаабыттара, Улахан Кубоктарынан наҕараадаламмыттара.
“Үлэбитинэн уонна доҕордоһуубутунан Олоҥхо сирин уруйдуубут-айхаллыыбыт!” девизтээх Саха сирин уус-уран самодеятельнос III фестивалыгар бастаабыттара.
Самаан сайыны көрсөр Улуу Туймаада уйгу тунах ыһыаҕар “Үс Хатыҥ” сиригэр-уотугар спорт Министиэристибэтэ уонна профсоюз көҕүлээһиннэринэн үлэһиттэр сынньанар “Түһүлгэлэрэ” оҥоһуллубута, “Аар баҕах сэргэ” туруоруллубута.
Кэм ирдэбилигэр сөп түбэһиннэрэн, анал байыаннай дьайыы байыастарыгар материальнай, гуманитарнай көмө оҥоһуллар. Военкомат бэбиэскэтинэн ыҥырыллыбыт спорт үлэһиттэрэ атаарыллаллар. Министиэристибэ, профсоюзнай тэрилтэ уонна спортоскуола өртүлэриттэн үбүнэн-харчынан, таҥаһынан-сабынан күүс-көмө оҥоһуллар, дьиэ-кэргэттэрин кытта ситим олохтонор.
Ытык иэстэрин толорон Сахаларын сиригэр этэҥҥэ эргиллэн кэлбит байыастар, ыччаты спорка уһуйуунан эрэ муҥурдаммакка, байыаннай-патриотическай иитиигэ болҕомтону күүһүрдэргэ сорудах, ыйыы-кэрдии ылаллар. Махтал Суруктар туттарыллаллар.
Үлэ салҕанар.
Түгэнинэн туһанан, оскуолатааҕы сылларбыттан бэрт үчүгэйдик билэр аҕа табаарыспын, билигин биир эйгэҕэ үлэлии сылдьар үөлээннээхпэр, көлүөнэм киһитигэр, өйдүүрүм былаһын тухары үөрэ-көтө сылдьар, дьээбэлэнэрин сүрдээҕин сөбүлүүр, үгүс доҕордоох-атастаах, инники күөҥҥэ сылдьар, оччоттон баччааҥҥа диэри чугас дьонугар, доҕотторугар истиҥ сыһыаннаах, Гаврил Гаврильевич Сивцевкэ үбүлүөйдээх 75 сааһын томточчу туолбутунан, итии-истиҥ эҕэрдэбитин тиэрдэбит!
Бар-дьонун туһугар үлэлии-хамсыы сырыт диэммит алгыс маанытын аныыбыт!
Дьиэ-кэргэҥҥэр дьоллоох-соргулаах олоҕу баҕарабыт!
Баһылай Посельскай
Последние новости
В Якутии уровень удовлетворенности качеством медицинской помощи вырос на 12%
В Якутии в 2024 году уровень удовлетворенности населения качеством медицинской помощи вырос на 12% по сравнению с прошлым годом.
Уровень удовлетворенности якутян качеством медицинской помощи вырос на 12%
В Якутии в 2024 году уровень удовлетворенности населения качеством медицинской помощи вырос на 12% по сравнению с прошлым годом.
Прогноз погоды в Якутске на 22 декабря
Сегодня в 06:00 в Якутске температура воздуха в районе Гимеин -33 градуса, в районе Аэропорт -37 градусов.
МегаФон для бизнеса: как выбрать интернет-тариф для работы и путешествий
Решения для предпринимателей и компаний, которые ценят стабильность, скорость и удобство подключения